Быйылгы үөрэх дьыла биһиги эдэр чинчийээччилэрбит үлэлэрин түмүгэ үрдүк ситиһиилээх буолла. Бастатан туран, республикатааҕы “Инникигэ хардыы” НПК Яковлев Саша, Васильев Богдан үлэлэринэн 1 степеннээх лауреат, Петров Андрей 2 степеннээх дипломант буоланнар, Всероссийскай НПК-га Саха сирин аатыттан кыттар чиэскэ тиксибиттэрэ.
Васильев Богдан Москва куоракка кулун тутар 20-24 күннэригэр ыытыллыбыт “Инникигэ хардыы” эдэр ыччат научнай всероссийскай форумугар ситиһиилээхтик кыттан, Абхазия Гагра куоратыгар ыытыллар «Академия юных» диэн российскай научнай оскуола -семинарга кыттарга рекомендацияланна.
Петров Андрей Казань куоракка кулун тутар 30—муус устар 3 күнүгэр Н.И. Лобачевскай аатынан II Всероссийскай научнай конференцияҕа кыттан, 3 степеннээх дипломант үрдүк аатын ылан кэллэ.
Яковлев Саша Москва уобалаһын Королев куоратыгар муус устар 17-21 күнүгэр “Человек - Земля - Космос” “Созвездие” XVIII Всероссийскай научнай олимпиада5а кыттан, 4 степеннээх дипломант буолла. Гагра5а «Академия юных» российскай научнай оскуола -семинарыгар кыттарга бэлэмнэнэр.
Бычыгырова Анжелика, Дмитрьева Ньургустана, Егоров Вова, Николаева Ангелина Санкт –Петербург куоракка муус устар 15-17 күнүгэр ыытыллыбыт "Открой в Себе Ученого!" V Всероссийскай научнай -инновационнай конференцияҕа кыттан, биһирэбил тутан ситиһиилээх кэллилэр. Оҕолору салайааччылара химия учуутала Тихонова Я.Н. илдьэттии сырытта.
Эдэр чинчийээччилэрбитин урдук ситиһиилэринэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит!
|